Бастаабыт агрегакка

.Лена өрүс кытыллара күөх солконон симэммиттэр. От-мас тыллан-көҕөрөн, көтөр-сүүрэр ырыата-тойуга килини кэрэхсэтэр, үөрдэр-көтүтэр, Кэлэн иһэр күөх сайыны эҕэрдэлээн чуор куоластаах кэҕэ этэн чоргуйар. Өрүс түргэн ат курдук сүүрдэн мөлбөһүйэр.

Мыраан анныгар Рассолода үүнүүлээх киэҥ бааһыналара нэлэһийэн сыталлар. Тула барыта трактор тыаһа ньиргийэр. Билигин манна үлэ-хамнас күөстүү оргуйар, үрдүк үүнүүнү ылар иһин охсуһуу былдьаһыктаах кэмэ бара турар. Рассолода учаастагын оҕуруот үүннэрээччилэрэ сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка дылы теплицаҕа үүннэрбит помидордарын оҕурсууларын, хаппыысталарын, онтон да атын оҕуруот аһын арааһын бүөбэйдииллэр, көрөллөр-харайаллар. Хортуоппуй олордор агрегаты холбоммут «Беларусь» трактор хаппыт буору, былыт курдук өрүкүтэн, тохтоло суох иннин диэки дьулуруйар, Бу күтүр улахан «тимир аты» эдэркээн уол улгумнук салайар. Ити Ленин аатынан колхоз Рассолодатааҕы биригээдэтин биир бастыҥ механизатора комсомолец Дмитрий Николаев. Кини үс сыллааҕыта тракторист курсун ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт-үөскээбит колхоһугар күүһүн харыстаабакка үлэлиир.
- Маладьыас. Хайа да дьыллааҕар быйыл ордук таһаарыылаахтык үлэлээтэ ,- диэн республика биллиилээх оҕуруотчуга, үрдүк үүнүү маастара, Рассолода оҕуруотун биригээдэтин биригэдьиира Дмитрий Афанасьевич Сивцев уолу хайгыыр.
Соторутааҕыта ССКП Кини Комитета уонна ССРС Министрдэрин Совета хортуоппуйу уонна оҕоруот аһын дэлэйдик үүннэриигэ таһаарбыт ыҥырыыларын өйөөннөр оҕуруотчуттар былааны таһынан 5 гектар сиргэ эбин хортуоппуй олордорго быһаарыннылар.
- Дьыала үчүгэй. Бүгүн хортyoппуй ыһыытын бүтэрэбит, тракторист Дмитрий Николаев үөрэр-көтөр,Бастыҥ тракторист хортуоппуй ыһыытын маассабай күннэригэр 7-лии гектар сиргэ олордон күннээҕи сорудаҕын балтараалыы бүк куоһарбыта.
- Бу бааһынаны сайын устата мни көрөбүн-харайабын, диэн киэн туттубуттуу Николай Дмитриевич Заболоцкай биһиэхэ кэпсиир. Николай Дмитриевич иккис сылын 5 гектар сиргэ хортуоппуйу үүннэрэр. Ааспыт сылга бу бааһынаттан биирдии гектарыттан 142,6 центнер хоргуоппуйу хомуйан колхоһугар тутгарбыта. Быйыл кини 150-нуу центнер хортуоппуйу ыларга соруктанан улэлиир.
Быйыл саас хойутаан кэллэ, онуоха абин куруутун тымныы, тыаллаах күннэр буоланнар, үрдүк үүнүүнү ыларга ордук мэһэйи үөскэттэ. О эрээри оҕуруотчуттар айылҕа кубулҕатын кыайан хаһааҥҥытааҕар даҕаны быйыл оҕуруоттан үрдүк үүнүүиү ыларга соруктаналлар Рассолода биригээдэтин оҕуруотчуттара. Ленни аатынан колхозка хортуоппуй олордуутун аан маҥнайгынан бүтэрдилэр Кинилар Хаптаҕай учаастагын оҕоруот үүннэрээччилэрин кытта социалистическай куоталаһыыга киирсэи үлэлииллэр.
Хортуоппуй олордуутун кылгас болдьоххо бүтэрээри утуйар уутун умнан Дмитрий түүниэри-күнүстари бааһынаттан арахсыбат. Бу куннэргэ биригээдэ үрдүнэн былааннаах хортуоппуй олордуута бүтэриллэн турар.

СНИМОККА: тракторист Дмитрий Николаев хортѵоппуй олордор агрeгата
В. ЯКОВЛЕВ Автор фотота/

Юность комсомольская моя

Комсомольскую ячейку в Хаптагае создал член союза “Молодой коммунист”, учитель Россолодинской школы Петр Гаврильевич Никифоров в мае 1921 года. Он был избран секретарем ячейки. Первыми в ряды комсомола вступили Андриан Петров, Павел Афанасьев и другие учащиеся Россолодинской школы,
26 ноября 1921 г. в Восточно-Кангаласской волости на общем собрании партийной и комсомольской ячеек была создана “Добровольная боевая дружина”, куда первыми записались бывшие ученики Россолодинской школы П.Г.Никифоров, И.И.Ларионов, П. Н, Афанасьев, С.М.Захаров, С.М. Ксенофонтов, П. Н. Пере валов.
В годы гражданской войны многие комсомольцы пали смертью храбрых в неравном бою. Среди них был Андриан Петров и Петр Никифоров.
На базе Россолодинской центральной семилетней школы 24 марта 1924 года была создана комсомольская ячейка под руководством Николая Сосина. Первым организационным собранием секретарем ячейки был избран Дмитрий Лазаревич Яковлев, и в комитет вошли Г.Г.Петров и Т.С.Слепцов. Первыми комсомольцами школы были Георгий Федоров, Николай Дмитриев, Гаврил Перевалов, Е.Николаев,
С.Е.Ефремов, Д.Г.Федоров, Г.Н.Игнатьев.
По инициативе и под руководством комсомольской ячейки ученики Россолодинской школы принимали активное участие в общественной жизни наслегов и улуса. Обучали безграмотных, читали лекции и доклады, ставили своими силами концерт.
Начались годы коллективизации, создания первых колхозов, артелей. Комсомольцы были в гуще всех политических событий. Они создавали первые колхозы, строили школы, проводили земраздел, культурно-просветительную работу, боролись с пережитками старой жизни.
В грозные годы Великой Отечественной войны многие комсомольцы Россолодинской школы вместе со всем советским народом встали на защиту своей Родины. Другие своим самоотверженным трудом ковали победу над фашистской Германией в тылу.
Пионерскую организацию в Россолодинской школе впервые создал представитель областного комитета комсомола товарищ Ковалев, приезжавший из Якутска в командировку. Первыми вступить в ряды юных пионеров А.И.Евмененко и В.К.Федотов. Их принимали в Якутске 22 апреля 1926 года в доме Пионеров. По приезду домой провели собрание, на котором несколько желающих приняли в члены юных пионеров- А.И.Тарасова, С.Н.Васильева. Так создался в Россолодинской центральной школе школьный пионерский отряд юных ленинцев. Пионеры активно участвовали в общественной работе, помогали обществам “Ыраас олох”, “Долой неграмотность” (ОДН),распространяли книги и газеты, давали концерты, спектакли, занимались спортом.
Д.П.Афанасьев, отличник народного образования РСФСР

Колхоз саҥа хотоно

1955 сыллаахха түөрт колхоз холбоһон «Сталин» аатынан колхоз буолбут. Бэрэссэдээтэлинэн Петров Михаил Дмитриевич үлэлээбит. Манна Ороссолуодаҕа «Нохто» күөлун үрдүгэр саҥа механизированнай хотон тутуллар диэннэр, биригээдэ дояркаларын, ынахтарын хааллартаан олохсуппуттар. Хотону колхоз тутуутун биригээдэтэ туппут. Биригэдьиир прорабынан Саввин Петр Павлович үлэлээн, тутууну салайан ыыппыт. Хотон үлэҕэ сэтинньи ый 5 кунугэр киирбит. Механизацията: автопоилка, үөһэнэн сүүрэр саах таһаарар вагонетка, ынах ыыр аппараат баар эбит да, ол сыл үлэлээбэтэх. Хотон сүүс ынах турарыгар анаммыт, муостата цемент эбит. Хотон арҕаа өттүтүгэр эбилик ампаар курдук тутуутугар зопарник оһохтооҕо.Маҥнайгы хотон киэҥэ-куоҥа, сырдыга үчүгэйэ сүрдээх эбит. Куһаҕана диэн- ынахтара цемент муостаҕа сытаннар торбостооһун тахсыбыт. Онно маҥнайгы сылыгар үлэлээбиттэр: бостуук биригэдьиир Никифоров Виктор Петрович, бостуук Скрябин Еремей, харабыл Трофимов Кирилл, ыанньыксыттарынан Скрябина Анна Николаевна, Никифорова Анна Павловна, Степанова Александра Федоровна, Степанова Мария Степановна, Трофимова Лариса Кирилловна.
Хотон маҥнайгы сылыгар тымныы эбит. Сайыныгар «Елочки» аппарат булан ынахтары ыабыттар. Онтон 1957 сыллаахха икки хотону 200 төбөҕө анаан туппуттар. Ол хотоҥҥо 12 доярка үлэлээбит. Хотоннор кэккэлэһэ тураллара. Маҥнайгы хотон куруук механизациялаах этэ. Сылаас уу буолунай буолан көөнньөрбө оҥорорго үчүгэй эбит. Сүөһү үлэтэ син биир ыарахан этэ. Ол саҕана сүөһүгэ син сөбүгэр от бурдук баар эбит.
1955 сыллаахха Скрыбыкина Екатерина Ивановна биригэдьииринэн үлэлээбит. Ол бириэмэҕэ Мотрена Степанова (ырыа Муоча) биир ынахтан 3000 кг үүтү ыырга ыҥырыы таһаарбыта. Ороссолуода биригэдьиириттэн Анна Скрябина тиҥэһэ бургунастартан 1 төбөттөн 2 тыһыынча кг. үүт ыабыт.
Трофимова Лариса Кирилловна 2005с.

МАЙА

Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун бары үлэһиттэрэ сандал саас, эйэ, дьол бырааһынньыгын таһаарыылаах үлэнэн уруйдаан-айхаллаан көрсөллөр. Тохсус пятилетка түөрт ыйдаађы сорудађын совхозтар фермалара, государственнай, промышленнай тэрилтэлэр аһара толорбуттарын туһунан ССКП райкомугар уонна райсовет исполкомуғар отделениелара, арааппардыыллар. Ленин аатынан совхоз Ороссолуодатаађы отделениетын ыанньыксыттара түөрт ыйга хас биирдии ынахтан 623-түү килограмм үүтү ыатылар. Кинилэртэн ордук «Мичил» ыччат-комсомольскай фермата бастаан таҕыста. Коллектив хас биирдии ынахтан 723-түү килограмм үрүҥ илгэни ылла. Ити курдук оройуон киининээђи тэрилтэлэр ылыммыт социалистическай эбэһээтэлистибэлэрин аһара толорбуттарын туһунан биллэрэ Эйэ, Үлэ, Дьол бырааһынньыгар демонстрацияђа таҕыстылар.

В. ЛУКИН
Кыым, 1973

Биһиги бэлэхпит..

БИҺИГИ БЭЛЭХПИТ
Мэҥэ-Хаҥалас оройуонунааҕы Ленин аатынан совхоз Ороссолуодатааҕы отделениетын үлэһиттэрэ Первэй Маайга бэйэлэрин ситиһиилэрин арааппардыыллар, Пятилетка үһус, быһаарыылаах сылын түөрт ыйыгар үүт валовой ыама 209 тоннаҕа тиийдэ, биир ынахтан 710,4 килограмм ылылынна. Ити ааспыт сыллааҕар үүт валовой ыама 75 тоннанан, биир ынахтан 33 килограмынан үрдүк.
Государствоҕа үүтү туттарыы түөрт ыйдаах сорудаҕын аһары толордубут. Бу кэмҥэ диэри отделениеҕа 275 ынах төрөөтө. Итинтэн 240 ынаҕын искусственнай сиэмэлээһининэн ууланнардыбыт.
Биһиги отделениебыт хортуоппуйу уонна оҕурсууну үүннэриигэ идэтийэр, Хортуоппуйу 65 гектарга олордуохпут, оҕурсууну 15 гектарға аһаҕас хонууга үүннэриэхпит, Оҕурсуу ыһыллар сиригэр сөп буолар ноһуому киллэрдибит. Хортуоппуй сиэмэтинэн толору хааччынан олоробут. Билигин суортааһын, талыы ыытыллар, Сиэмэбит хараллыыта үчүгэй. Күһүн уурбут сиэмэ 99 бырыһыана ыһыыга барыаҕа. Ыһыы техникагын өрөмүөнэ бүттэ.
Ороссолуода отделениетым рабочайдара, сулууспалаахтара бэйэлэрин ити ситиһиилэринэн эйэ, үлэ бырааһынньыгын көрсөн туран, бүппут партия Қиин Қомитетын муус устардааҕы Пленума ылыммыт уурааҕын улахан үөрүүнэн, сүҥкэн өрө көтөҕүллүүнэн көрүстүлэр. Инникитин эйэ дьыалатын бөҕөргөтүүгэ, Коммунистическай партия ыытар политикатын өйөөһүҥҥэ үлэбит ситиһиилэрин өссө үрдэтэргэ соруктанабыт.
Д. МИХАЙЛОВ, Ороссолуода отделениетын биригэдьиирэ.

Кыым, 1973, ыам ыйын 1 к.

"Кыым" хаһыат кэпсиир.

Тохсус пятилетка төрдүс, тутаах сылын соруктарын болдьоҕун иннинэ толорууга республика ыччата эдэр эрчиминэн, күүрээннээх үлэтинэн кыттан, үлэ ханнык баҕарар салаатын оргуйар үөһүгэр сылдьар. Эдэркээн уолаттар уонна кыргыттар, туох баар кыһамньыларын ууран, сыраларын биэрэн туран үлэлииллэр-хамсыыллар. Билиҥҥи кэм дьиҥнээх геройдарынан үлэ дьоно буолалларын, кинилэр үчүгэйдик өйдүүллэр. Олох дьолун, кэрэтин таба буларга ыччат иннигэр биир эрэ албан ааттаах суол бэйэни харыстаммат үлә буоларын билэллэр. Ханна баҕарар-үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэр үүттүгэннээх сайылыктарга, өлгөм эти элбэтэр соруктаах кыстыктарга, трактор, массыына уруулларыгар, производствоны салайар, баһылыыр-көһүлуур эппиэттээх постарга барытыгар кинилэри көрүөххэ сөп. Эһиги бу снимокка көрөр ис киирбэх эйэҕэс кыыскыт- Таня Игнатьева орто оскуоланы бүтэрэн баран Мэҥэ Хаҥалас оройуонунааҕы Ленин аатынан совхоз «Мичил» ыччат- комсомольскай ферматыгар үлэлиир. Кини кыһамньылаах үлэтин үрдүктүк сыаналаан, ЫБСЛКС Киин Комитета «Үлэҕэ килбиэнин иһин» знагынан наҕараадалаабыта.
Е. ПОРЯДИН фотота.

Үүнүү көхтөөхтүк үтэр

Оҕуруот аһын, хортуоппуйу үүннэрээччилэр бу күннэр улахан түбүктээхтэр. Үрдүк бааһыналарга ууну субу-субу куттарыахха наада. Үүнээйи эбии аһатыыны, почваны оҥоро турууну эрэйэр. Сыыс оту эмиэ билигин ылҕанар. Ити дьаһаллары Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Ленин аатынан совхоһун Ороссолуода отделениетыгар быйыл да үчүгэйдик олохтууллар. Онон манна үүнээйини көрүүгэ-харайыыга бары наадалаах дьаһаллары ылар туһунан ССКП обкомун бюротун соторутааҕыта ылыммыт уурааҕа эҥкилэ суох толоруллар.
Ороссолуодаҕа быйыл хаппыыстаны 7 гектарга, оҕурсууну 11 гектарга, хортуоппуйу 55 гектарга үүннэрэллэр. Биригээдэни Ленин орденын кавалера Дмитрий Афанасьевич Сивцев салайар. Кини бу күннэргэ 80 ча киһи үлэтин тэрийэр-дьаһайар. Үлэһиттэрин үгүстэрэ кыра кылаастар үөрэнээччилэрэ, сорохторо пенсионердар. Ол гынан баран ханнык культураны хайдах көрөн-харайан, ханнык агрономическай ньымалары туттан өлгөм үүнүүнү ылары баһылаабыт бары маастар дьоннор.
-Быйыл өссө хайа да сыллааҕар оҕуруот аһын, хортуоппуй үүнүүтүн көрүүгэ-харайыыга ураты кыһаныахха наада. Ол иһин ардахтатар установкаларга сылдьар дьон үлэ дьиҥнээх вахтатыгар турбуттара ыраатта, диэн кэпсиир биригэдьиир Д. А. Сивцев.
Оҕуруот биригээдэтэ наада буолар техниканан толору хааччыллыбыта. Ол иһигэр ардахтатар түөрт установка, түөрт трактор бааллара, арыт, түүнү-күнү эргиччи үлэлииллэр. Үүнүүнү итинник көрүү- харайыы күүһүнэн бааһыналар билиҥҥи көрүҥнэрэ куһаҕана сyoх.
СНИМОКТАРГА: 1. Биригэдьиир Д. А. Сивцев мотоциклынан оҕуруотчуттарын, хортуоппуйу үүннэрээччилэрин кытта хас чаас ахсын сибээстэһэр. 2. ДДН-45 ардахтатар установка тохтоло суох үлэлээбитэ ыраатта. Кинини хамсатааччы Егор Петрович Федоров. 3. Оҕуруотчуттар түбүктээх үлэлэригэр эмиэ бардылар. 4. Бу күннэргэ Ороссолуода бөһүөлэгин таһынааҕы бааһыналар өрүү маннык уу хааппылаларынан күдээрийэн көстөр.

КЫЫМ, 1971 с., от ыйын 4 күнэ